Пост канала
- фото
Дьүкээгирдэр — төрүт олохтоох омуктар Урукку өттүгэр өр кэмҥэ суруга-бичигэ суох олорбут Уһук Хотугу сир олохтоохторугар историческай ис хоһоонноох үһүйээннэрэ уонна номохторо кинилэр ааспыт күннэрин-дьылларын билинэллэригэр, былыргы олохторун-дьаһахтарын өйдөрүгэр-санааларыгар бигэтик тута сылдьалларыгар тирээн турар суолталаах этилэр. Ол иһин биһиги төрүттэрбит былыргы историялара Усуйаана сиригэр-уотугар киэҥник тарҕаммыт, дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар диринник иҥэн хаалбыт, төрүт олохтоохтор тылынан уус-уран айымньыларын быһыытынан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн биһиги кэммитигэр хайдах баарынан тиийэн кэлбит, уостан түспэт үһүйээннэригэр олоҕурара оруннаах курдук. Онон буоллаҕа, ити кэми инэн-тоҥон сиһилии үөрэппит академик А.П. Окладников: «…предания являются своего рода летописями», — диэн суруйбута толору сөп түбэһэрин тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын. https://ilken.ru/sakha/2026/07/28/d%d2%afkeegirder-t%d3%a9r%d2%aft-olohtooh-omuktar/
Открыть в MAX- Просмотры
- 65
- ER
- —
- Реакции
- —