Пост канала
- фото
🌳🌿*Күндү Амма нэһилиэгин олохтоохторо уонна ыалдьыттара!*🌳🌿 📍Сарсын, балаҕан ыйын 1️⃣2️⃣ күнүгэр, тапталлаах Аммабыт Солобуодатын күнүн көрсө, *Амматааҕы Поликлиника* тэлгэһэтин көҕөрдөр сыаллаах, мас олордуутун аахсыйатыгар бука бары кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт! 📅 Күнэ-дьыла: Балаҕан ыйын 12 күнэ. ⏰ Бириэмэтэ: 10:00 чаастан.📍 Буолар сирэ: Амматааҕы поликлиника тэлгэһэтэ. Ирдэнэр: Туһааннаах туттар тэрил (лаппаахы, уу кутар иһит, 🧤. Мас олордор дьаамалар хаһыллан тураллар👍🏼) 📌Кыттыан баҕалаахтар бары үөрэ-көтө түмсэн, элбэх дьон-сэргэ сылдьар, эмтэнэр уонна доруобуйабытын көрүнэр соҕотох, сабыс-саҥа Поликлиникабыт тупсуутугар биир сомоҕо буолан үлэлиэҕиҥ, улууспут кэрэ, тупсаҕай көстүүтүгэр хас биирдиибит кыһаллыаҕыҥ, кылааппытын киллэриэҕиҥ! 🩷*Онон бука бары, биир санаанан кэлэн, көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит!*🤝🏥✨
Открыть в MAX- Просмотры
- 354
- ER
- 1,4%
- Реакции
- 5