Пост канала
- фото
📱Оҕо сынньалаҥар уонна чэбдигириитигэр направлениелары биэрии Саха сиригэр саамай туһаныллар электроннай өҥөнөн буолла. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бу хайысханан 79204 сайабылыанньаны биэрбиттэр. Иккис миэстэҕэ бултааһыҥҥа көҥүлү биэрии – 54188 сайабылыанньа. Ону тэҥэ саамай наадыйар өҥөлөрүнэн орто анал үөрэххэ киирэргэ докумуоннары тутуу – 26806 сайабылыанньа уонна гражданскай турук аактатын регистрациялааһын – 21532 сайабылыанньа. Саха сиригэр судаарыстыбаннай электроннай өҥөнү сайыннарыы Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Экономика данных и цифровая трансформация государства” национальнай бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар. “Хас да оҕолоох ыал түбүгэ, кыһалҕата элбэх. Ол иһин наадалаах докумуоннары интэриниэтинэн толоруу табыгастаах, айаҥҥа уонна уочаракка бириэмэҕин бараабаккын”, — диэтэ Наталья Андреева бу өҥө туһунан. ↘https://sakha-sire.ru/saamaj-naadyjar-enelere-hannygyj/
Открыть в MAX- Просмотры
- 184
- ER
- 0,5%
- Реакции
- 1