Перейти к содержимому

Пост канала

"САХА СИРЭ" хаһыат/sakha-sire.ru
  1. фото

    📌Анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Сулустаан Заболоцкай салайааччылаах  Саха сирин  дэлэгээссийэтэ Приморьеҕа Анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин ассоциациятын Бүтүн Арассыыйатааҕы хомууругар  кыттар.  «Анал байыаннай дьайыттан төннүбүт уолаттар инники кирбиигэ сылдьыбыттара. Кинилэр сэрии диэн тугун, бойобуой доҕотторгун сүтэрии ыарын уонна кыайыы үөрүүтүн эттэринэн-хааннарынан билбит дьон. Бу — биһиги дойдубут куттала суох буолуутун уонна суверенитетын тутан турар тирэх. Бу уолаттар хас биирдиилэрэ — сололоруттан, наҕараадаларыттан тутулуга суох дьоруойдар», — диэн РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка Бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев бэлиэтээтэ.   https://sakha-sire.ru/saha-sirin-delegeessijete-anal-bajyannaj-dajyy-betereennerin-assocziacziyatyn-bytyn-arassyyjataagy-homuurugar-kyttar/

    Открыть в MAX
    Просмотры
    247
    ER
    —
    Реакции
    —