Перейти к содержимому

Пост канала

"САХА СИРЭ" хаһыат/sakha-sire.ru
  1. фото

    ❗Ааспыт нэдиэлэҕэ Германияны эрэ буолуо дуо, бүтүн Европаны аймыыр дьыала буолла. Саксония-Анхальт эрэгийиэннээҕи парламеныгар Ульрих Зигмунд уонна Мартин Райхардт лиидэрдээх AдГ – “Альтернатива для Германии” диэн баартыйа канцлер Фридрих Мерц баартыйатын үлтү сынньан, доргутуулаах кыайыыны ситистэ.   Быыбар түмүгүнэн AдГ 44,5%-ны, Мерц баартыйата “Христианскай-демократическай сойуус” (ХДС) баара-суоҕа 18,5%-ны ылла. 2021 сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, оччолорго AдГ 20,8%-ны, оттон ХДС — 37,1%-ны ылбыт эбит. Биэс сыл иһигэр AдГ быыбардааччытын ахсаанын 2 төгүл элбэппит, оттон канцлер баартыйата аҥаарын кэриэтэ сүтэрбит. AдГ парламеҥҥа баһыйар ахсааны ылыаҕын бэрт аҕыйах мандаат тиийбэккэ хаалбыт. https://sakha-sire.ru/adg-baartyja-evropaga-ajmalgany-tahaarda/

    Открыть в MAX
    Просмотры
    290
    ER
    1,0%
    Реакции
    3