Перейти к содержимому

Пост канала

"САХА СИРЭ" хаһыат/sakha-sire.ru
  1. ссылка

    ✅Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин XI Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа 2036 сылга диэри Арассыыйа Уһук Илин сайдыытын сүрүн соруктарын ыйда, онно Саха сиригэр ситиһиилээхтик олоххо киирэр сорох инфраструктурнай уонна социальнай бырайыактары бэлиэтээтэ. «Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин Уһук Илини сайыннарыы биһиги дойдубут бастакы соруга буоларын өссө төгүл бигэргэттэ. Судаарыстыба баһылыгын көмөтүнэн, быһаарыытынан Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын урутаан сайдыы тэтимин көрдөрөр. Пуорум сайдыыга көдьүүстээх инструменынан буолар. Пуорум 78 дойду бэрэстэбиитэллэрин түмэр», – диэтэ Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин Уһук Илин федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ, ВЭФ тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Трутнев. ↘ https://sakha-sire.ru/saha-sirin-energetika-logistika-ajar-industriyalar-byrajyaktara-ilinni-ekenemiicheskej-puorumna-belietenniler/

    Открыть в MAX
    Просмотры
    237
    ER
    —
    Реакции
    —