Пост канала
- фото
🤩Бүгүн бэтэринээрийэ үлэһиттэрэ идэлээх күннэрин бэлиэтииллэр РФ Бырабыыталыстыбатын сорудаҕынан РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 2014 с. бэс ыйын 11 күнүгэр Бэтэринээрийэ үлэһитин күнүн сыл аайы атырдьах ыйын 31 күнүгэр олохтуур туһунан бирикээс таһаарбыта. Күндү бэтэринээрийэ үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ, эһиги бэриниилээх үлэҕит түмүгэр Саха сиригэр эпизоотическай быһыы-майгы бигэ туруктааҕын бэлиэтээн итиэннэ өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһун кылааккыт иһин махтанан туран, үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, тус олоххутугар дьолу-соргуну баҕарабыт!
Открыть в MAX- Просмотры
- 502
- ER
- 1,6%
- Реакции
- 8