Перейти к содержимому

Пост канала

Новости Кобяйского района
  1. фото

    Биhиги улууспутугар гаас 1976 сыллаахха, Кэбээйи бөhүөлэгэр кэлэн Умсааннаахха турар учаастактаа5ы балыыhа котельнайыгар оттук быhыытынан киирэн бастакы хардыытын оңорбута. Бу үөрүүлээх уонна кэрэхсэбиллээх түгэңңэ бөhүөлэк бэрт элбэх киhитэ, о5отуттан о5онньоругар, эмээхсинигэр тиийэ Умсааннаахха мустубуттара. Гаас биhиги оройуоммутугар кэлиитэ, олус долгутуулаах уонна күүтүүлээх кэм этэ. Кэбээйи улууhа Саха сиригэр айыл5а гааhын маңнай көстүбүт уонна ол гаас республика тыатын сиригэр аан бастаан ыаллар дьиэлэригэр киирэн туттуллубут улууhунан буолар. Сиһилии: https://дабаан.рф/solovevtar-die-kergen-nehilienneni-gaahynan-haachchyjyyga/ 🌐 дабаан.рф 📍https://t.me/gazetadabaan 🔺 https://max.ru/ @gazetadabaan @ulusmedia

    Открыть в MAX
    Просмотры
    338
    ER
    —
    Реакции
    —