Пост канала
Улуус баһылыга Василий Алексеев Бээрийэ нэһилиэгэр сылдьан үлэни-хамнаһы билистэ. Бээрийэҕэ эдэр специалистарга анаан тутуллубут саҥа уопсай дьиэҕэ сырытта. Тутуу барыта ситэриллэн, ититиитин системата тардыллан, бу күннэргэ аһыллаары турар. Салгыы олохтоохтору кытта көрсөн кэпсэттэ. Олохтоохтор сүрүн туруорсуулара уот линиятын саҥардыы. Уот барар түбэлтэтигэр ханнык да сибээс суох буолара үлэҕэ-хамнаска уустуктуры үөскэтэр. Ону сэргэ бөһүөлэккэ РЭС үлэһитэ суох, алдьаныы тахсар түбэлтэтигэр Тандаттан кэлэн оҥордохторуна эрэ уоттаналлар, суол-иис суоҕар кыайан кэлбэт түгэннэрэ үгүс. Быйылгы дьылга бөрөлөр сылгылары тардан улахан хоромньу оҥорбуттара. Ол иһин улуус дьаһалтата булчуттар анал биригээдэлэрин тэрийэн бөрөнү бултаспыттарыгар олохтоохтор махталларын тиэртилэр. Билигин даҕаны бөрөлөр, тыатааҕылар хаһаайыстыбаларга кутталы үөскэтэллэринэн, маннык үлэ салгыы барарыгар баҕа санааларын тиэртилэр. Тандаҕа оскуола интернатыгар өрөмүөн үлэтэ түмүктэммит. Тиит Арыыга ититии ыытыллан, быр-бааччы сылаастык олороллор. Олохтоохтор сылы тахсар отторун булуммуттарын кэпсээтилэр. Кыһалҕалаах боппуруостарыгар үрэх уутун хаайарга быһыт наадатын эттилэр. Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Открыть в MAX- Просмотры
- 333
- ER
- —
- Реакции
- —