Пост канала
- фото
Хорообукка «Уйгун» лааппы саҥа дьиэлэннэ 💛 Хорообут нэһилиэгэр аныгылыы көстүүлээх, олохтоохтору үгүс сылларга аһынан-үөлүнэн хааччыйар «Уйгун» лааппы дьонугар-сэргэтигэр саҥа дьиэҕэ көһөр үөрүүтүн бэлиэтээтэ. 👍 Өр кэтэспит дьиэбит аһыллан үөрүүбүт үксээтэ. Урбаанньыт Павел Николаевич Андреев лааппыны кэргэнинээн Сардаана Васильевналыын элбэх сыл тохтоло суох үлэлэтэн кэллилэр. Павел Николаевич урбаанньыт быһыытынан 2000 сылтан эҥкилэ суох үлэлиир. Лааппы саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирэригэр аймахтара, бырааттара, оҕолоро, сиэннэр күүс-көмө буоллулар. 🙌🏼 Үөрүүлээх күҥҥэ улуустааҕы хаһыаппыт «Эркээйи» нөҥүө махтанабыт уонна чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт. Варвара Филиппова, нэһилиэк бибилэтиэкэрэ. @gazetaerkeii @ulusmedia
Открыть в MAX- Просмотры
- 590
- ER
- 2,0%
- Реакции
- 12