Пост канала
- видео, фото
Өр гыммакка, көрдөһүүбүтүн ылынан, пандус оҥордулар 👨🦽 Биһиги 2-с Наахара нэһилиэгин Хочо бөһүөлэгин саҥа тутуллубут үс этээстээх таас дьиэтигэр олоробут. Саамай күндү киһибит, 9 саастаах оҕобут оҕо сааһыттан инбэлиит, ДЦП диагнозтаах. Саҥа дьиэҕэ киирэр-тахсар усулуобуйата суоҕун, пандус наадатын туһунан балаҕан ыйын 3 күнүгэр улуус баһылыгар Дмитрий Тихоновка оҕобут туһугар көрдөһүү суруйбуппут. Ону өр гыммакка суһал быһаарыы ылынаннар, балаҕан ыйын 8 күнүгэр саҥа уонна куттала суох пандус тутуллан харахпытын үөртэ. 🏢 Нэһилиэк баһылыга Петр Никитин бэйэтинэн кэлэн тутуспутуттан, үлэни иилээн-саҕалаан ыыппытыттан олус үөрдүбүт уонна долгуйдубут. Дьоҥҥо маннык чугас, истиҥ сыһыан уонна суһал көмө хас биирдии олохтооххо олус күндү. 🎢 Дьиэбит 23 кыбартыыралаах, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан тутуллубута. Саҥа оҥоһуллубут пандус дьиэбит атын да олохтоохторугар, аҕам саастаах кырдьаҕас, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо барыларыгар улахан туһаны уонна чэпчэтиини аҕалла. Көрдөһүүбүтүн истэн, кыаммат оҕо кыһалҕатын өйдөөн, олоҕун тупсарарга тута көмөлөспүтүгэр махтанабыт. Үтүө дьыалаҕыт оҕобут күннээҕи олоҕор, кэскилигэр тирэх буолла. 🙌🏼 Үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт! Сиидэрэптэр дьиэ кэргэн, Хочо бөһүөлэгин олохтоохторо. @gazetaerkeii @ulusmedia
Открыть в MAX- Просмотры
- 602
- ER
- 3,2%
- Реакции
- 19