Перейти к содержимому

Пост канала

«Эркээйи» Новости Мегино-Кангаласского улуса
  1. фото

    🌈🍃 “Хатыҥчаан” уһуйаан – кэлэр кэскил кэрэһитэ 👶 Балаҕан ыйын 25-30 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэҕирии төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт педагогическай дэкээдэ чэрчитинэн, А.В. Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатын «Хатыҥчаан» уһуйаанын устуоруйатын быыстапката үөрүүлээхтик турда. 👧Бу быыстапкаҕа оҕо саада маҥнай тэриллиитин, ааспыт үлэни сырдатар буклеттар, олох араас кэрчиктэрин кэрэһилиир хаартыскалар, выпускниктар альбомнара уонна бириэмэ тыынын биэрэр араас экспонаттар турдулар. «Хатыҥчаан» уһуйаан устуоруйата 1959 сыллаахтан саҕаланар. Ол сыл Мас Булгунньахха аан маҥнайгы уһуйаан арыллан, бастакы сэбиэдиссэйинэн ытык-мааны Клара Петровна Канаева ананан үлэлээбитэ. Оччотооҕу кэмҥэ Суолаттан, Бэдьимэттэн, Хорообуттан, Сыымахтан, Бөдьөлөктөн 5-тии оҕо сылдьан саҕалаабыттара. Бу оҕолор Мэлдьэхси оҕолорун үөрэҕириитин бастакы хараҥаччылара буолбуттара. Онтон 1969 сыллаахха уһуйаан Суола бөһүөлэгэр көһөн тахсар. Суола маҥнайгы уһуйаанын сэбиэдиссэйинэн Екатерина Дмитриевна Сивцева үлэлээбитэ. Кини кэнниттэн элбэх бэриниилээх, талааннаах педагогтар уһуйаан сайдыытыгар үлэлээбиттэрэ. Хас биирдии сэбиэдиссэй уонна иитээччи уһуйаан олоҕор умнуллубат бэлиэни хаалларбыта. 👧 Бүгүҥҥү күҥҥэ «Хатыҥчаан» уһуйаан инникилии сайдан иһэр. Сэбиэдиссэйинэн Елена Альбертовна Антонова салалтатынан иитээччилэр оҕолору саҥаҕа уһуйаллар, кинилэр кэлэр олохторун маҥнайгы олугун уураллар. Оҕолор төрөөбүт тылларынан иитиллэллэр, үөрэххэ тардыһыыларын күүһүрдэллэр, киэҥ эйгэҕэ киирэргэ бэлэмнэнэллэр. Сиһилии ⬅️ @gazetaerkeii @ulusmedia

    Открыть в MAX
    Просмотры
    420
    ER
    1,4%
    Реакции
    6