Пост канала
- фото
Хаалыктаах хотугулуу хаамыыга Дьокуускай бастакы чөмпүйэнээтигэр ситиһиилэннилэр 🏃♀️ Бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи хаалыктаах хотугулуу хаамыыга Дьокуускай куорат чөмпүйэнээтэ балаҕан ыйын 19 күнүгэр буолла. 🏃 Мэҥэ Хаҥаластан 8 киһи, ол иһигэр Лоомтукаттан «Чэгиэн» түмсүү кыттыылаахтара 4 буолан кытынныбыт. 5 км дистанцияҕа тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн саастарынан арааран күрэхтэһэн Аграфена Яковлева бастакы, Анастасия Борисова иккис уонна Маргарита Перевалова үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистибит. Онон ситиһиибит улахан, өссө үһүс разряды толордубут. 🏃 Спортивнай туризмҥа хотугулуу хаамыыга Лоомтукаттан Анастасия Борисова, Маргарита Перевалова, Елена Афанасьева уонна Майаттан Аграфена Яковлева, Акулина Сыроватская мэҥэлэр ааттарын ааттаттыбыт, бэлэмнээхпитин көрдөрдүбүт. Маргарита Перевалова, Лоомтука. @gazetaerkeii @ulusmedia
Открыть в MAX- Просмотры
- 570
- ER
- 2,5%
- Реакции
- 14