Перейти к содержимому

Пост канала

«Эркээйи» Новости Мегино-Кангаласского улуса
  1. фото

    Күн-дьыл 🍂 Дорообо, көмүс күһүн! Быйыл хайдах сайын ааста, күһүн кэллэ?   🍁 Күһүҥҥү санаалар Күөйэ көтөллөр, Сэбирдэх быыһыгар Сасыһа оонньууллар.   🌿 Бэс ыйа, от ыйа, атырдьах ыйа номнуо ааһаннар, көмүс күһүн күлүмүрдээн тиийэн кэллэ. Хоту дойду дьоно буолан дохсун сүүрүктээх күөх сайыммыт барахсаны сайыһа көрөн хаалабыт. Хайа баҕарар киһиэхэ, ордук оҕо-аймахха саамай умнуллубат үтүө түгэннэри  хатыламмат кэрэлээх сайыҥҥы күннэр бэлэхтииллэр. Эбиитин чысхаан тымныылаах, бүтэн быстыбат уһун кыһыммытын  этэҥҥэ туораары,  ас-үөл хаһаанаары, дьиэ-уот оҥостунаары, күнтэн, күөхтэн күүс-күдэх ылар түгэни мүччү тутумаары, киһи барахсан хамсанан хаалар. 🍁 Балаҕан ыйа ‒ Улуу Суорун ыйа Күһүҥҥү өртүгэр күүстээх хаһыҥнар хойутуу, балаҕан ыйын 6 күнүттэн саҕалаан түстүлэр. Былырыыҥҥы күһүммүт хайдах этэй? Бастакы хаар балаҕан ыйын 20 күнүгэр түспүтэ. Ууллубута эрээри, 27 чыыһылаҕа ‒ Иһийээнэп күн Ийэ сир кыһыҥҥылыы халыҥ хаарынан бүрүллүбүтэ. Ол эрэн сытан эрэ уостан-симэлийэн лаппа чарааһаабыта.  Улууспут хоту эҥэрэ, өрүс эргин кыһыҥҥы Бокуруобу отой да хаара суох көрсүбүтэ. Бу уонунан сылларга биирдэ эмит көстөн ааһар сэдэх көстүү. 🌿 Быйыл балайда үүнүүлээх, үтүө сайын ааста диибит. Ол эрэн, кыстыкка бэлэми кытары быһаччы сыһыаннаах – уматык боппуруоһа элбэх киһини улаханнык эрэйдээтэ. Сотору кэминэн көнөрүгэр эрэл баар. Күһүөрү ачалаан, кэлэр кыһыҥҥа сылгы хаһан аһыырыгар табыгастаах балаһыанньаны үөскэттэ. Хаар эрэ аһары халыҥаабатар.  Көмүс дуйга сууланан балаҕан  ыйа аанын тэлэччи арыйда. Кыыдааннаах кыһыммыт улам-улам чугаһаан истэҕэ… Степан Андреев, Майа. 📸: Елена Федорова түһэриилэрэ. Сиһилии ⬅️ @gazetaerkeii @ulusmedia

    Открыть в MAX
    Просмотры
    559
    ER
    1,6%
    Реакции
    9