Перейти к содержимому

Пост канала

ЭНСИЭЛИ НОВОСТИ. НАМСКИЙ УЛУС
  1. фото

    ✨🌟Күннээҕи гороскоп 💫Балаҕан ыйын 15 күнэ ♈Хой Чугас киһиҥ тугу эрэ ситэ кэпсээбэт курдук саныаҥ. Наһаа долгуйума, ыгылыйыма, ыксаллаах кэпсэтии барытын буортулуон эрэ сөп. Ол оннугар атыҥҥа аралдьыйан, чугас киһигэр бириэмэтэ биэр, оччоҕо барыта кэминэн быһаарыллыа. ♉Оҕус Сылайбыккыттан сылтаан тапталлааххын кытта сыһыаны буортулуоххун сөп. Партнерун телефонун бэрэбиэркэлээмэ, табыгаһа суох ыйытыылары биэримэ. Ол барыта сыһыаҥҥа ыгылыйыыны үөскэтиэ. Сөбүлүүр дьарыккар, айылҕаҕа тахсарга болҕомтото уур. ♊Игирэлэр Ким эрэ урукку өһүргэниини, атаҕастабылы санатыа. Олус сытыытык ылыныма, наадыйыма, холку буол, оччоҕо күнүҥ табыллыа. ♋Араак Бүгүн эйигин, эн кыһамньыгын сыаналаабаттар дии саныаҥ. Онно болҕомтоҕун уурума. Киэһэҕин эйигин чахчы сыаналыыр дьону кытта атаар. ♌Хахай Эн болҕомто киинигэр сылдьаргын сорох дьон сөбүлээбэт. Ону сүрэххэр чугастык ылыныма. Атын дьон биһирэбилин кэтэһимэ. ♍Кыыс Бүгүн былааныҥ ыһылыннаҕына, уоскуланы тутар уустук буолуо. Бэйэҕин уонна дьону кириитикэлээмэ. Элбэх күүһү эрэйбэт судургу соруктарга болҕомтоҕун уур. ♎Ыйааһын Тапталлааххын кытта сыһыаҥҥа сыыһа-халты туттунуу үөскүөн сөп. Түмүктэри оҥорорго тиэтэйимэ. Бэйэҕэр уонна таптыыр киһигэр санааларгытын сааһылыырга бириэмэтэ биэр. ♏Скорпион Барытын хонтуруоллуу сатыыр санааҕын киэр кыйдаан, буола турар быһыыны-майгыны ыраахтан кэтээ. Сөптөөх эппиэттэри көрдүү сатаама, кэнники барыта кэмигэр быһаарыллыа. ♐Охчут Саҥа саҕахтары арыйар баҕа санаа киириэ, ол эрээри бүгүн күннээҕинэн олор. Саҥа соһуччу билсиһииттэн эбэтэр айантан кэлэйиэҥ. Ол иһин күҥҥүн сөбүлүүр дьарыккар анаа. ♑Чубуку Үлэҥ уонна эбээһинэстэриҥ элбэх күүһү эрэйиэхтэрэ. Ол түмүктэрэ кэлин биллиэхтэрэ. Киэһэ сынньана түс. ♒Күрүлгэн Эн бүгүн соҕотохсуйуоххун баҕарыаҥ - бу сөптөөх быһаарыныы. Айдааннаах кэпсэтиилэргэ кыттыһыма. Энергияҕын туһата суох кэпсэтиилэргэ бараама. ♓Балыктар Бүгүн интуицияҥ туох эрэ сыыһаны-халтыны этиэн сөп, онон түмүк оҥорорго ыксаама. Сылайбыккыттан сылтаан суох кыһалҕалары баар курдук көрөҕүн. Онон киэһэ сынньанарын ордук. https://max.ru/channel_gazetaensieli

    Открыть в MAX
    Просмотры
    660
    ER
    1,7%
    Реакции
    11