Пост канала
- фото
🔘Хатыҥ Арыы нэһилиэгин көхтөөх дьоно бэлиэтэннилэр Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Максим Мордосов бүгүн, балаҕан ыйын 9 күнүгэр, тэрилтэлэр планеркаларын оҥордо. Кини Дария Мальцева салайааччылаах «Сыдьаайа» иистэнэр сыаҕын эҕэрдэлээтэ уонна баһылык бочуотунай грамоталарын, ДНС маҕаһыыҥҥа 10 тыһ. суумалаах сертификаты үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Кыһыл Дэриэбинэтээҕи үүт тутар пууҥҥа Розалия Кривошапкина алтыс сылын ситиһиилээхтик үлэлиир, олохтоохтор махталларын ылар. Аппааны үүт тутар пуунугар быйыл сайын АГИКИ 2 куурус устудьуонката Виктория Петрова үлэлээбитэ. ✅ Сиһилии ↩️ ✍🏻Надежда Сивцева https://max.ru/channel_gazetaensieli
Открыть в MAX- Просмотры
- 638
- ER
- 1,6%
- Реакции
- 10