Перейти к содержимому

Пост канала

ЭНСИЭЛИ НОВОСТИ. НАМСКИЙ УЛУС
  1. фото

    ✨🌟Күннээҕи гороскоп 💫Атырдьах ыйын 29 күнэ ♈Хой Элбэх дьыаланы бииргэ эккирэтистэххинэ сэниэҥ эстиэ. ♉Оҕус Үлэҕэр саҥа кэтэһэр. Тулуурдаах уонна "имигэс" буоларыҥ ирдэнэр, ордук дьыалабыай кэпсэтиилэргэ. Тус олоххор кытаанах тыллары туттума, холку быһыыҥ сыһыан тупсарыаҕа. ♊Игирэлэр Бээтинсэ күн эйиэхэ саҥа билсиһиилэри түстүүр. Үлэҕэр биир хайысхалаах идеялары кытта үлэлэс, оччоҕо үчүгэй түмүктээх буолуоҥ. Киэһэ доҕотторгун кытта көрүс. ♋Араак Аһара элбэх эбээһинэс ылыма. Киэһэ дьиэҥ сылаас эйгэтэ эйиэхэ күүс-сэниэ биэриэҕэ. ♌Хахай Бу күн эйиэхэ айар-тутар уонна дьону түмэр баҕаны биэриэҕэ. Күүскүн-уоххун мөккүһүүгэ буолбакка, сырдык, үчүгэй, туһалаах дьыалаларга анаа. Доҕотторуҥ өйөбүллэрэ тирэх буолуоҕа. ♍Кыыс Харчы боппуруоһун аймаммакка, сүпсүлгэнэ суохтук холкутук быһаар. Оччоҕо барыта табыллыаҕа. Тус олоххор кыраҕа болҕомтолоох буоллаххына тапталлааҕыҥ сыһыана тупсуоҕа. ♎Ыйааһын Кэпсэтии, компромисс табыллыаҕа. Тулуурдаах уонна культурнай буоллаххына эйиэхэ барыстаах буолан тахсыаҕа. Киэһэ доҕотторгунаан көрсүһүү күүтэр, эбэтэр кинилэртэн сонун истиэҥ. ♏Скорпион Буола турары анализтанарга, саҥа былаан оҥосторго бассар күн. ♐Охчут Эйиэхэ туһалаах билсиһии күүтэр. Киэһэ миэстэтэ уларыт, куруук буоларын курдугу буолбакка атыны былааннаа. ♑Чубуку Бу күнү үлэҕэр анаа. Дьулуурдаах буоларыҥ үлэҥ түмүктээх буоларыгар көмөлөһүө. ♒Күрүлгэн Бүгүн эйигин уларыйыыларга кынаттыыр көрсүһүү күүтэр. Дьонтон атыннык оҥороргуттан куттаныма. ♓Балыктар Тус олоххор үөрүү күүтэр. Газета Энсиэли

    Открыть в MAX
    Просмотры
    601
    ER
    1,2%
    Реакции
    7