Пост канала
- фото
🍃 Кииһилэ барыанньата Бу судургутук оҥоһуллар, олус минньигэс, туһалаах барыанньа. Үгүс дьон амсайан баран, соһуйар, итэҕэйбэт. Кииһилэни мясорубкаҕа эрийтэрэбит. Кииһилэтээҕэр кыратык элбэх саахарынан сироп оргутан эриллибит кииһилэни кутабыт. Кыратык тэптэрэ түһэбит. Барыанньабыт сойор кэмигэр сөп-сөп булкуйабыт. Оччоҕо хойдор. Бааҥкаларга кутабыт. 🍃 Кииһилэни үксүн бэс ыйыгар хомуйаллар. Билигин кэнчээритэ үүнэн турар, ону мүччү туппакка бу туһалаах оттон барыанньата оҥостуҥ. 🍃 Үөскэ, бүөргэ сэрэхтээх, нуормалыахха наада. Температураны түһэрэр, үөһү таһаарар, сүһүөх ыарыытын, сэллиги эмтиир. Газета Энсиэли
Открыть в MAX- Просмотры
- 606
- ER
- 1,8%
- Реакции
- 11