Пост канала
- фото, видео
🚩Бүгүн Мүрү 2-с N-дээх орто оскуолатыгар дойдубут историятыгар эдэр ыччаты бэйэтин тула түмпүт Комсомол тэриллибитэ 108 сылын бэлиэтээтибит! Комсомол эдэр ыччат күүстээх хамсааһына этэ. Бу үөрүүлээх күҥҥэ комсомол кэккэтигэр сылдьыбыт аҕа саастаах көлүөнэ учууталларбыт түөстэригэр комсомольскай значоктарын иилинэн эдэр саастарын санаатылар, өйдөбүнньүк хаартыскалары, грамоталары быыстапкаҕа туруордулар, комсомол кэминээҕи ырыалары ылаатылар, ирэ-хоро астына кэпсэттилэр. Бу быыстапкаҕа оччотооҕу эдэр ыччат үөрэххэ-үлэҕэ дьулуурун кэпсиир ураты хаартыскалар, ахтыылар умсугуттулар. Оҕолорбут уонна учууталларбыт комсомол күүрээннээх үлэтин-хамнаһын, эдэр саас сырдык ыраас кэмнэрин кэрэхсээн көрдүлэр. Маннык тэрээһиннэр оҕолорго историяны үөрэтэргэ, төрөөбүт дойдуларыгар тапталы иҥэрэргэ уонна инники кэскилбит туһугар дьулуһарга көҕүлүүллэр. Учууталларбытыгар, бу кэрэхсэбиллээх быыстапканы тэрийбиттэригэр уонна Комсомол устуоруйатын кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдибиккитигэр махтанабыт! ✍️Сайаана Кириллина, география учуутала 📲Мах-каналбытыгар сурут ⬇️ https://max.ru/channel_ua_murusahargata 🌐https://мюрюгазета.рф/ ✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Смотреть в MAXОткрыть в MAX- Просмотры
- 356
- ER
- 3,7%
- Реакции
- 13