Пост канала
💐 Дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буолара аҕа уонна ийэ кэскиллээҕи хайдах ырыҥалаан көрүүлэриттэн быһаччы тутулуктаах. Икки киһи тапталынан тутуллубут дьиэлэрэ – көмүс ньээкэ уйалара, илиилэрин сылааһынан бүөбэйдээн үүннэрбит сиэдэрэй сибэккилээх, баай оҕуруоттаах тэлгэһэлэрэ, барыга сатабыллара, дэгиттэр дьоҕурдара – бу барыта оҕолоро киһи быһыытынан иитиллэн тахсалларыгар бигэ тирэх буоллаҕа. Мин бүгүн сырдатар дьонум Зоя, Макар Аргуновтар – олохторун тухары айар эйгэ абылаҥын аргыс оҥостубут дьоһун дьиэ кэргэн, ыал мааныта. ✍️ Сиһилии суруналыыс Светлана Бурцева ⬇️ МЮРЮГАЗЕТА.РФ МАХ-каналбытыгар сурут ⬇️ https://max.ru/channel_ua_murusahargata ✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Открыть в MAX- Просмотры
- 848
- ER
- 0,8%
- Реакции
- 7