Пост канала
- фото
✅ Кэскил нэһилиэгэр 29 ыал саҥа кыбартыыра күлүүһүн тутта Балаҕан ыйын 5 күнүгэр Кэскил нэһилиэгэр 1676 кв. миэтэрэ иэннээх үс мэндиэмэннээх, аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах, толору хааччыллыылаах таас дьиэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Бу дьиэ "Хаарбах туруктаах дьиэттэн олохтоохтору көһөрүү" Өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамма чэрчитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутууга дирекциятын сакааһынан, «Прогресс» бырайыагынан, Егор Анемподистов салайааччылаах “СПБО-01” ХЭТ тэрилтэ үлэтинэн тутулунна. https://томпонскийвестник.рф/keskil-neһilieger-29-yal-saҥa-kybartyyra-kүlүүһүn-tutta/ @tompovestnik
Открыть в MAX- Просмотры
- 257
- ER
- 2,3%
- Реакции
- 6