Пост канала
- видео, фото
Балаҕан ыйын 1 күнэ — саҥа саҕахтары арыйда. 📝 Бастакы кылаас боруогун атыллыыр кырачааннарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр Билии киэҥ, аптаах дойдута арыллар долгутуулаах түгэнэ тосхойдо. Быйыл И.И.Платонов аатынан Наахара орто оскуолатыгар 5 үөрэнээччи билии аартыгар үктэннэ, кылаас салайааччыта Куприянова Т.О. 🎓 Элбэҕи эрэннэрэр бүтэһик чугдаарар чуорааннара чугаһаан эрэр оскуоланы бүтэрээри сылдьар выпускниктарбытыгар туспа истиҥ тыллары аныыбыт. Бу сыл — эһиэхэ олох суолугар бастакы эппиэтинэстээх тургутуунан буолуоҕа. 💐Ураты махтал тылларын улууспут үөрэҕириитин сайдыытыгар үйэлэрин тухары анаабыт ытыктабыллаах бэтэрээн учууталларбытыгар аныыбыт. Эһиги баай билиигит, муударай сүбэҕит уонна идэҕэ бэриниилээх сыһыаҥҥыт — хас биирдиибитигэр чаҕылхай холобур. Саҥа үөрэх дьыла оҕо дьоҕурун, талаанын уһугуннаран интэриэһинэй бырайыактар, элбэх ситиһиилэх үтүө түмүктээх буоллун! 💫Билии киэҥ аартыга оҕолорго — ситиһии, төрөппүттэргэ — киэн туттуу, учууталларга — айар кыаҕы сахтын! Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, тус олоххутугар дьолу-соргуну баҕарабыт!🤗
Открыть в MAX- Просмотры
- 118
- ER
- 5,9%
- Реакции
- 7