Перейти к содержимому

Пост канала

МБОУ «Мюрюнская СОШ №2»
  1. фото

    📚 “ҮҮНЭ-САЙДА ТУР, ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУМ!” Балаҕан ыйын 25 күнүгэр оскуолабыт библиотекатыгар Уус Алдан дьоруойдарыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай күнүгэр аналлаах “Үүнэ-сайда тур, Төрөөбүт дойдум!” диэн 6-7 кылаас үөрэнээччилэрин икки ардыгар станцияларынан оонньуу ыытылынна. Оонньуу 4 станциянан буолан ааста: 🔹 1-кы станция — “Саха сирин историята” Кыайыылааҕынан 7 “Б” кылаас буолла. 🔹 2-с станция — “Саха сирин сүрүн бэлиэлэрэ” Кыайыылааҕынан 6 “А” кылаас таҕыста. 🔹 3-с станция — “Саха сирин географията” Кыайыылааҕынан 6 “Б” кылаас буолла. 🔹 4-с станция — “Уус Алдан дьоруойдара” Кыайыылааҕынан 7 “А” кылаас хамаандата буолла. 🏆 Олус тыҥаһыннаах киирсии кэнниттэн тэрээһин муҥутуур кыайыылааҕынан 7 “А” кылаас хамаандата таҕыста. Хамаанда салайааччыта — Сивцев Лазарь Владимирович. 🌿 Оҕолорбут төрөөбүт дойдуларын историяларын, айылҕаларын, дьоруойдарын бэккэ билэллэрин, билиигэ-көрүүгэ тардыһыыларын толору көрдөрдүлэр. 🎉 Кыайыылаахтарбытыгар улахан эҕэрдэ! Ситиһиилэри инникитин даҕаны. Үүнэ-сайда тур, Төрөөбүт дойдум!

    Открыть в MAX
    Просмотры
    555
    ER
    2,0%
    Реакции
    11