Пост канала
- видео
🔴 Оҕолору соҕотох хаалларымаҥ! “Нам улууһа" МО ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр, туоратар уонна баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйар хамыыһыйа (КЧС и ОПБ) ыҥырар уонна сэрэтэр: Ытыктабыллаах төрөппүттэр, сокуоннай бэрэстэбиитэллэр, эбээлэр, эһээлэр! Сайыҥҥы уһун сынньалаҥнарга оҕолор ордук көҥүл сылдьар буолан, уот уонна дэҥ - оһол кутталыттан сэрэхтээх буолуу куруук бастакы миэстэҕэ туруохтаах! Статистика көрдөрөрүнэн, оҕолор уотунан оонньооһуннарыттан уонна улахан дьон оҕолору хонтуруола суох хаалларыыларыттан тахсар баһаардар саамай ыарахан содуллаахтар. Хас бирдии төрөппүтү сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буоларга ыҥырабыт! 📌 Төрөппүттэргэ сүрүн сүбэлэр: ✅Оҕону соҕотох хаалларымаҥ! Төһө да кылгас кэмҥэ буоллар, оҕону соҕотохтуу дьиэҕэ, олбуорга эбэтэр айылҕаҕа хаалларыы улахан иэдээҥҥэ тиэрдиэн сөп. ✅Испиискэни, зажигалканы оҕо көрбөт, илиитэ тиийбэт үрдүк, кистэлэҥ сиригэр ууруҥ; ✅Электроприбордары хонтуруоллааҥ: Үлэлии турар плитаны, өтүүгү, обогреватели оҕо соҕотоҕун көрөр сиригэр хаалларымаҥ. ✅Быһааран кэпсэтиҥ: Оҕоҕо уот оонньуур тэрил буолбатаҕын, баһаар туохтан тахсыан сөбүн куруук өйдөтөн, быһааран биэриҥ. 🚨 Баһаар таҕыстаҕына оҕо тугу билиэхтээҕий? Дьиэҕэ саһымаҥ! Баһаар кэмигэр оҕолор куттанан орон анныгар эбэтэр шкаф иһигэр саһар уратылаахтар. Бу олус кутталлаах. Оҕо тута тас диэкки куотуохтаах. Уоту көрдөр эрэ эбэтэр буруо сытын ылла да — тута таһырдьа сүүрэн тахсыахтаах уонна улахан дьоҥҥо, ыалларыгар биллэриэхтээх. 📞 Төлөпүөннэр (Баһаар буоллаҕына тута биллэриҥ): 101 — Баһаары умуруорар сулууспа. 112 — Быыһыыр сулууспа биир кэлим нүөмэрэ.⤵
Открыть в MAX- Просмотры
- 203
- ER
- 0,5%
- Реакции
- 1