Перейти к содержимому

Пост канала

Министерство сельского хозяйства Якутии
  1. фото

    Аҕаларбыт, эһэлэрбит дьыалаларын дьоһуннаахтык салгыырга андаҕайбыт Бу курдук  В.Г. Короленко аатынан Амма 1№-дээх орто оскуолатыгар аһыллыбыт агрокылаас үөрэнээччилэрэ  мустубут дьон иннигэр андаҕар биэрдилэр. Бүгүн бу оскуолаҕа  улууска иккиһинэн үс агрохайысхалаах кылаастар аһылыннылар.  Оскуола историятыгар бэлиэ түгэҥҥэ сахалыы алгыс этилиннэ, быыстапка турда. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ оскуола дириэктэрэ Степан Игнатьев,  Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Николай Ларионов, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Ион Кононов, үөрэх управлениетын салайааччытын э.т. Семен Шадрин уонна кини солбуйааччыта Акулина Иванова кыттыыны  ыллылар, эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Маны сэргэ оскуола кэлэктиибин, бу кылаастар үөрэнээччилэрин  СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин э.т. Анна Стручкова куйаар ситиминэн эҕэрдэлээтэ. “Кадры в АПК” диэн федеральнай бырагыраамаҕа киирэммит оскуолабытыгар үс агрохайысхалаах кылаас арыллан олус үөрэн турабыт. Бу бэртээхэй бырагыраама көмөтүнэн  үс кылаас арыйарга уопсайа 7 мөл. 400 тыһыынча солкуобай  көрүллэн, үлэ барыта толоруллунна. Ол курдук кылаастар өрөмүөннэригэр 4 мөл солкуобайтан тахса уонна оборудованиеларга диэн 3 мөл. солкуобайтан тахса суума барда. Үлэ арыый хойутаан атырдьах ыйын бүтүүтэ  саҕаланан, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн көрүллүбүт болдьоххо ситэн -хотон киирдэ. Бу кылаастарга үс хайысханан үөрэх барыа.  8 “б” уонна “в” кылаас, ону кытта 10 кылаас үөрэнээччилэрэ үүнээйи генетиката уонна селекцията, агроинженерия” хайысханан үөрэниэхтэрэ. Оскуолабытыгар сайын устата мүөттээх ыҥырыаны иитиинэн дьарыктанныбыт, “Байылыат” лааҕыр үлэлээтэ, араас оттору хомуйан  чэйдэри оҥордубут уонна да атын тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга хайысхалары тутуһан үлэлээтибит. Бу үлэлэрбитин салгыы сайыннарыыга аһыллыбыт кылаастарбыт төһүү буолуохтара диэн эрэнэбит. Инникитин кылаастарбытын ыраастык тутан, кэлбит оборудованиелары харыстаан оҕолорбут үөрэниэхтэрэ диэн эрэнэбит уонна өрөспүүбүлүкэбит үөрэҕин министиэристибэтигэр, улууспут салалтатыгар дириҥ махталбытын тириэрдэбит”, — диэн этэр оскуола дириэктэрэ Степан Игнатьев. Агрокылаастар аһыллыыларыгар алгысчыт Василий Кочаткин аал уоту уматан, алгыс баһын сыалаата, кылаастар инникитин тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр туһалаах каадырдары үүнэн тахсалларыгар төһүү буоллун диэн арыылаах алаадьынан, арыылаах саламаатынан айах тутта. Кылаастар аһыллыбыттарын туоһулуур аалай лиэнтэ быһыллынна, кылаастарынан экскурсия ыытылынна. Кэлбит ыалдьыттарга “Байылыат” лааҕыр оҕолоро оттортон чэйдэри, мүөт амсаттылар, тугу үлэлээбиттэрин, тугу үүннэрэллэрин кэпсээтилэр. Ыалдьыттар чэй амтаннааҕын, мүөт минньигэһин бэлиэтээтилэр. “Быйыл улууспутугар биллэриллибит Тыа хаһаайыстыбатын сылыгар маннык кылаастар аһыллаллара олус үөрүүлээх. Инникитин тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар каадырдар үүнэн тахсалларыгар бу бырагыраама наһаа көмөлөөх буолуо диэн эрэнэбит. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Бөтүҥ агрооскуолатыгар икки кылааһы аспыппыт. Эмиэ толору хааччыллыылаах. Аны бу улууспут биир саамай улахан оскуолатыгар үс кылааһы астыбыт. Бу бырагыраама 2025 сылтан 2030 сылга диэри үлэлиир. Кылаастары ылыыга өрөспүүбүлүкэҕэ күүстээх талыыны баран манна киирсэбит. Кэлэр сылга Абаҕа агроскуолатыгар  арыйарга үлэлэһэбит. Салгыы оннук үлэ баран иһиэ. Билигин каадыр боппуруоһа сытыытык турар. Онон бу бүгүн Амма оскуолатыгар кылаас оҕолоро олус үчүгэй андаҕар биэрбиттэрэ биһигини долгутта. Бэриллибит андаҕар туолуоҕар бигэтик эрэнэбит. Манна даҕатан эттэххэ, бу алтынньы ыйга  Москва куоракка ыытыллаары турар “Көмүс күһүн -2026” быыстапкаҕа үс агрооскуола, Амма 1 нүөмэрдээх, Бөтүҥ уонна Абаҕа оскуолалара баран кыттыыны ылыахтара. Кинилэр ситиһии үктэллээх кэлэллэригэр баҕарабыт”, — диэн этэр тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов. “Амма олоҕо” хаһыат

    Открыть в MAX
    Просмотры
    247
    ER
    —
    Реакции
    —