Перейти к содержимому

Пост канала

"САХА СИРЭ" хаһыат/sakha-sire.ru
  1. ссылка

    ✅Ил Түмэн ПЛЕНАРНАЙ МУННЬАҔА: Николай Бочков: «Бары кыһалҕалары биһиги бииргэ эрэ быһаарар кыахтаахпыт» ОДьКХ, тарыыптары олохтооһун уонна да атын эйгэлэргэ мунньуллубут кыһалҕалары бырабыыталыстыба уонна дьокутааттар биир сүбэнэн эрэ быһаарар кыахтаахтар. Бу туһунан Ил Түмэн 20-с пленарнай мунньаҕын үлэтин чэрчитинэн Саха Сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Николай Бочков иһитиннэрдэ. «Бүгүн Ил Түмэн дьокутааттара миигин бырабыытылыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытын дуоһунаһыгар бигэргэттилэр. Мин үлэлии уонна кыһалҕалары быһаара кэлбит соруктарбар сыһыаннаах тыын суолталаах элбэх боппуруос көтөҕүлүннэ», — диэтэ Николай Бочков. ОДьКХ салаатыгар мунньуллубут боппуруостар уонна кыһалҕалар киэҥ хабааннаах сыһыаны эрэйэллэрин бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта бэлиэтээтэ. «Бырабыыталыстыба уонна дьокутааттар элбэх быһаарыыны ылыналларыгар биир санаанан салайтарыахтаахтар — бу Арассыыйа тутууга уонна ОДьКХ-ҕа министиэристибэтин, Арассыыйа ФАС-ын (Монополияны утары федеральнай сулууспа) нөҥүө бырагыраамаларга өйөбүлү ыларга федеральнай киини кытта үлэ, ону тэҥэ олус элбэх боппуруоһу үөскэппит тарыыпатыр олохтооһуҥҥа көрүүнү уларытыы буолар. Бары кыһалҕалары биһиги бииргэ эрэ быһаарар кыахтаахпыт», — диэн Николай Бочков эттэ. МАХ-ка ханаалбыт: https://max.ru/channel_sakhasire

    Открыть в MAX
    Просмотры
    237
    ER
    —
    Реакции
    —