Пост канала
✅Ил Түмэн ПЛЕНАРНАЙ МУННЬАҔА: Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар үп миниистирин э.т. Иван Алексеев 9 ый түмүгүнэн судаарыстыбаннай бүддьүөккэ төһө дохуот киирбитин туһунан кэпсээтэ. Сиртэн хостонор баайга нолуок үрдээн, уопсайа 46 млрд.солк. киирбит. Ол эбэтэр, сыллааҕы былааны 7% (3 млрд.солк.) таһынан толорбуттар. Ол эрээри, алмааһы хостооһун аҕыйаабытын, атыы кээмэйэ намтаабытын бэлиэтээтэ. Кини маннык ньыма баарын кэпсээтэ: улуустарга сир баайын хостуур тэрилтэ үлэлии кэллэҕинэ, улуус баһылыга биллэриэхтээх. Бу тэрилтэ ханна нолуогун төлүүрүн, дохуотун төһө чааһыттан нолуокка биэрэрин бэрэбиэркэлииллэр. Маннык үлэ түмүгүнэн, 2024-25 сс. саҥа тэрилтэлэри учуокка туруоран, эбии 2 млрд.солк. нолуогу муниципальнай бүддьүөккэ киллэрбиттэр. Быйылгы сыл 8 ыйын ыллахха, 500 мөл.солк. кэриҥин киллэрбиттэр. МАХ-ка ханаалбыт: https://max.ru/channel_sakhasire
Открыть в MAX- Просмотры
- 197
- ER
- 0,5%
- Реакции
- 1