Пост канала
- ссылка
✅Олимпиада 450 кыайыылааҕа уонна призера талааннаах оҕолор испииһэктэригэр киирдилэр Дьоҕурдаах оскуола оҕолорун булуу уонна өйөөһүн Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Ыччат уонна оҕолор» национальнай бырайыагын, ону тэҥэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» норуодунай бырагырааматын «Саҥа оскуола» федеральнай бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар. Арктическай оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Умар Жолдошбаев быйыл бастакытын Бүтүн Арассыыйатааҕы оскуола оҕолорун олимпиадатын түмүктүүр түһүмэҕэр кыттан, экологияҕа призер буолбут. Олимпиадаҕа учууталын Илья Валентинович Яковлевы кытта бэлэмнэммиттэр, ону тэҥэ бэйэтэ эбии матырыйааллары үөрэппит. «Мин Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаҕа бастакытын кытынным, призер буолбуппуттан олус астынным. Маны күүппэтэҕим. Көмөлөспүт дьоммор махтанабын, өрөспүүбүлүкэбин көрдөрбүппүттэн үөрэбин. Саҥа саҕалыыр оҕолорго сүбэлиэм этэ, кыаҕы мүччү тутумаҥ, үчүгэйгэ эрэниҥ уонна бэйэҕит дьыалаҕытыгар өйдөөх уонна бастыҥ буоларга бары кыаххытын ууруҥ», — диэн Умар санаатын үллэстэр.
Открыть в MAX- Просмотры
- 214
- ER
- 0,5%
- Реакции
- 1