Перейти к содержимому

Пост канала

Крестях // Кириэстээх сонуннара
  1. фото

    Бүгүн, балаҕан ыйын 30 күнүгэр Кириэстээх нэһилиэгэр ураты күн үүннэ. Бүтүн Россиятааҕы ветераннар уопсастыбалара 1986 сыллаахха тэриллибитэ,үонтон Саха сиринээҕи ветераннар Өрөспүүбүлүкэтээҕи советтара 1987 сыллаахха олохтоммута. Бу үбүлүөйдэргэ анаан улуустарынан бэлиэ знамя эстафетата ыытыллар, онно Сунтаар улууһа эмиэ көхтөөхтүк кыттар. Знамяны биһиги нэһилиэкпитигэр үөрүүлээх быһыыга туттарда ыаллыы Бүлүүчээн нэһилиэгин дьаһалтата, баһылыгы солбуйааччы Айталина Михайлова, култуура киинин дириэктэрэ Нюргустана Татаканова, В.Г.Акимов аатынан лиссиэй дириэктэрэ Василий Степанов. Знамяны тутта нэһилиэк дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа Галина Сортолова. Кыттыыны ыллылар "Кустук" эбээлэр түмсүүлэрэ, Кириэстээх политехническай орто оскуолатын үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ, юнармеецтар, нэһилиэк олохтоохторо. Ыалдьыттар уохтаах кымыһынан, саҥыйахтаах алаадьынан күндүлэннилэр. Знамяны сарсын, алтынньы 1 күнүгэр Алмаастаах Мирнэй куоракка олохтоох дьаһалта тиэрдиэ.

    Открыть в MAX
    Просмотры
    159
    ER
    11,9%
    Реакции
    19