Перейти к содержимому

Пост канала

Министерство сельского хозяйства Якутии
  1. видео, фото

    Д. С. Федоров-Дмитрий Таас аатынан Хорообут орто оскуолатыгар бу дьыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр агротехнология кылааһа арыллыытын үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааспыта. Агротехнология кылааһа аһыллыыта эдэр ыччаты билимҥэ сыһыарыыга, төрөөбүт сирдэригэр үлэлээх-дьарыктаах, олоххо бигэ тирэхтээх буолууларыгар кэскиллээх, дьоһун хардыы буолар. Бу кылаас биотехнологияны уонна оҥорон таһаарыы үлэтин баһылыыр кыахтаах дьону үөрэтэн-иитэн таһаарар сыаллаах арылынна, манна кинилэр биологияны, химияны дириҥэтэн үөрэтэр буолуохтара. Агротехнология хайысхалаах кылаас сүрүн социальнай партнердарынан Светоний Шестаков салайааччылаах «Алаас Ас» ТХПК уонна Григорий Плотников салайар «Хорообут» ХЭУо буолаллар. Оҕолор үөрэх кэмигэр нэдиэлэҕэ биирдэ «Алаас Ас» кэпэрэтиипкэ быраактыка дьарыгын бараллар. Манна миэстэтигэр үөрэнээччилэр астыыр-үөллүүр, сойутар-тымнытар тэриллэри туһанарга үөрэниэхтэрэ, үүт анаалыһын ылар, сыатын бэрэбиэркэлиир, үүт ас араас бородууксуйатын оҥорор сатабыллары баһылыахтара диэн үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ Мария Васильевна сырдатта.

    Открыть в MAX
    Просмотры
    232
    ER
    0,9%
    Реакции
    2